[go: up one dir, main page]
More Web Proxy on the site http://driver.im/Иһинээҕитигэр көс

Ыам ыйа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ыам ыйа Très riches heures du duc de Berry

Ыам ыйа - сааскы ый, 5 ый.

Ыам ыйа — сааскы тиһэх ый. Айылҕа бүтүннүүтэ, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, оттуун-мастыын барыта тиллэр, сэргэхсийэр. Үрэхтэр, өрүстэр быйаҥнаах ууларынан сири-дойдуну угуттууллар. Мутукча тыллар, ойуур иһэ минньигэс сытынан туолар. Хал-дьаайыга ньургуһун тахсар. Хонууга, ойуурга, күндү күөмэйдээх чыычаах эгэлгэтэ ырыатын тардар, күн сирин көҥүлүгэр көөчөөн көрүн түһэрэр, сааскы оонньуутун оонньуур.

Ыам ыйа — үөскүүр-төрүүр кэм. Көтөр бары кэриэтэ уйатын оҥостор, сымыыт баттыыр түбүккэ түһэр. Кыыллар оҕолорун бүөбэйдииллэр. Күн-дьыл сайыҥҥылыы итийэр, күөл мууһа сайар, ый бүтүүтүгэр балык ыары күөл кытыытыгар тахсар.

Бу кэмҥэ саха киһитин үлэтин-хамнаһын үгэнэ. Сүөһүлэр мэччирэҥҥэ тахсаллар. Мутукча тыллыытыттан көрөн сааскы ыһыы саҕаланар. Бурдук ыһаллар, ойуур көҕөрдөҕүнэ хортуоппуй олордоллор.


Ыам ыйын күнүн-дьылын билгэтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Тыаллаах саас сайынын ардахтаах буолар. Хатыҥ уута элбэхтик сүүрдэҕинэ — ардах-таах сайын.

Саас ооҕуй ситимэ элбэхтик көттөҕүнэ — кураан сайын. Тымныы сайыҥҥа көтөр уйатын саас тиит күннээх өттүгэр, оттон ичигэс сайыҥҥа күлүк өттүгэр туттар.

Уһун курааҥҥа көтөрдөр уйаларын саас уу чугаһыгар тутталлар. Ыам ыйын 6-с күнүгэр тымҥыы буоллаҕына, сүөһү өссө икки нэдиэлэ кыһыҥҥылыы аһыыр.

бииринньик; сымыыт ыйа; сынньалаҥ ыйа; тиргэ ыйа; тугут төрүүр ыйа; хаас кэлэр ыйа.


  • Sakhatyla.ru
  • [Диалектологический словарь якутского языка. 1976]
Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы