[go: up one dir, main page]
More Web Proxy on the site http://driver.im/Иһинээҕитигэр көс

Toyota Corona

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Toyota Corona (Буочка)
Буочка
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1957—2002
Кылааhа Орто
Уруулара Toyota Camry

Toyota Corona - орто кээмэйдээх массыына, 1957-2002 сылларга тахса сылдьыбыта. 1988-1992 сылларга "Toyota Corona Wagon" эрэ диэн универсал куорабын көрүнэ тахса сылдьыбыта, 2001 сылга Corona диэн көрүнэ оноһуллан бүппүтэ.

1 көлүөнэ
1957 Toyopet Corona 01
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1957—1960

Toyota Corona 1957 сылга маҥнайгы массыыната тахсыбыта. Кэлиҥҥи приводтаах седан, мотуорун киэҥэ 0,9 эбэтэр 1 лиитэрэ.

2 көлүөнэ
1960 Toyopet Corona 01.jpg
1960 Toyopet Corona 01
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1960—1964
1963-биллибэт (Австралия)

Хайыы-үйэҕэ 1960 иккис «Корона» оҥоһуллааһына саҕаламмыта, седан, универсал уонна пикап куораптарын оҥорбуттара. Мотуорун арааһа быдан элбээбитэ — 1.0, 1.5 эбэтэр 1.9 литэрэ баара, уонна да аптамаат тиэрдэр хоруобката баар буолбута. Америка Штаттарыгар экспорт саҕаламмыта улахан түбэлтэ буолбута.

3 көлүөнэ
1966-1967 Toyopet Corona
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1964—1970 (Дьоппуон дойдута)
1966—1972 (Корея)

Toyota Corona үһүс көлүөнэтэ, 1964 сылга тахсыбыт, седан, хэтчбек, купе, универсал уонна пикап куораптардаах буолбута. Бу модель Дьоппуон дойдутугар эрэ буолбакка, өссө Корея5а, Австралияҕа уонна Саҥа Зеландияҕа оноһуллубута.


Универсал Toyota Corona третьего поколения (1964-1970)


4 көлүөнэ
1972 Toyopet Corona 1700 RT81 sedan in Bucharest
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1970—1973

1970 сылга төрдүс көлүөнэ тахсыыта саҕаламмыта. Седан, купе уонна универсал куораптаах. 1,5-2 литрдээх, 1-кэккэлээх, 4-цилиндирдээх мотуордаах оҥоһуллубут.

5 көлүөнэ
1975 Toyota Corona (RT104) SE sedan (2015-06-18) 01
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1973—1979

Бэһис көлүөнэ массыыналара 1973-сылтан 1979 сылга дылы тахсыбыттара.

6 көлүөнэ
1981 Toyota Corona (XT130) SE sedan (2016-01-04) 01
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1978—1983
1979—1983 (Австралия)

Алтыс Toyota Corona 1978 сылга бастыҥ аан дойдуга тахсыбыта. Седан, купе, лифтбек уонна универсал куораптаах уонна 1,6-2,4 л киэҥ мотуордаах тахсыбыта.

7 көлүөнэ
1983 Toyota Corona (ST141) CS-X sedan (2010-07-21) 01
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1982—1987
1983—1987 (Австралия)

Corona сэттис көлүөнэтэ 1982-сылтан 1987 сылга дылы собуот кэмбиэйэригэр турбута. Америка Штаттарыгар бу модели хайыы-уйэҕэ Toyota Camry солбуйбута. Сэттис Corona, инники хамсатыылаах. Бу массыына иннинээги көлүөнэ массыыналарын кытта бииргэ тахсыбыта. Европа ырыынагыгар Carina II диэн ааттаммыта.

7 көлүөнэ
Toyota Corona 1985
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1983—1987

T150 Corona аан дойдуга Corona FF диэн биллибитэ, кинини кытта атыыламыта кэлин приводтаах Corona (серия T140). Ити дьигинэ Camry кылгатыллыбыт көрүҥэ этэ, ити инники приводтаах массыыналары Toyota сэрэнэн бастыҥ киллэрэн көрүүтэ этэ.

8 көлүөнэ
Corona T170
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1987—1992

Toyota Carina ахсыс көлүөнэтэ 1986-сылтан 1992 сылга дылы оҥоһуллубута, сэттис көлүөнэни саҥатыытын түмүгэ буолбута. Седан, купе, лифтбек уонна универсал куораптаах, мотуорун киэҥэ 1.6, 1.8 уонна 2.0 литрдээх.

9 көлүөнэ
Буочка
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1992—1996 (Дьоппуон дойдута)
1992—1997 (Великобритания)
1993—1998 (Филиппины)

Европа ырыынагыгар Carina E диэн ааттаммыта уонна Великобританиҕа тахсыбыта. Мотуора уларыйбатах. Хаҥас урууллаах (Великобританияҕа - уруула уҥа). Биэс ааннаах хэтчбэк (лифтбек), седан, уонна универсал (вагон) куораптаах тахсыбыта.

1998 сылга Дьоппуон дойдуутугар кинини Toyota Avensis диэн массыына солбуйбута.

Ону кытта 2003-2004 сылларга Англияҕа аҕыйах сериялаах Toyota Carina E Limited диэн баай көстүүлээх массыына тахса сылдьыбыта. Туох баар табыгас барыта киирбитэ, иhэ бархат таҥаһынан сыһыарыллыбыт, күүстээх уоттаах-күөстээх, кириэһилэлэрин сылытар оһохтоох, хром сабыылаах уонна да атын кэрэлээх этэ.

Мотуора туора сытааччы, 4-цилиндрдээх, Lean Burn 1,6 л 16V (99 ат күүстээх.), 1,6 л 16V (107 ат күүстээх.), 1,6 л 16V (115 ат күүстээх.), 1,8 л 16V (121 ат күүстээх.), 2,0 л 16V (133 ат күүстээх.), 2,0 л 16V (157 ат күүстээх.)

Сүрүн ыстатыйа: Toyota Premio
10 көлүөнэ
Toyota Corona Premio 1998
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1996—2001

1996-2001 сылларга тахсыбыт массыына дьоппуон эрэ норуотугар атыыламмыта. Атын дойдуулар рынактарыгар бу модель Avensis диэн моделинан уларыйбыта.

Мотуора T190 (1992 — 1997): Toyota Corona (115 ат күүстээх.) — 1.6 л. Toyota Corona (125 ат күүстээх.) — 1.8 л. Toyota Corona (135 ат күүстээх.) — 2.0 л. Toyota Corona (140 ат күүстээх.) — 2.0 л. Toyota Corona (73 ат күүстээх.) — 2.0 л.D

Сүрүн ыстатыйа: Toyota Avensis
11 көлүөнэ
Toyota Avensis I front 20100327
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ 1997—2002
Toyota Avensis Вид сзади

Корона диэн ааты туттубат буолбуттара. Аныгыскы моделлар сиин биир седан, лифтбэк уонна универсал куораптаах тахсыбыттара.

Мотуора T210 (1996 — 2001): Toyota Corona (105 ат күүстээх.) — 1.6 л. Toyota Corona (115 ат күүстээх.) — 1.8 л. Toyota Corona (135 ат күүстээх.) — 2.0 л. Toyota Corona (140 ат күүстээх.) — 2.0 л. Toyota Corona (145 ат күүстээх.) — 2.0 л. Toyota Corona (88 ат күүстээх.) — 2.0 л. DT Toyota Corona (94 ат күүстээх.) — 2.0 л. DT

Корона олоҕугар, биир бириэмэ, универсал Caldina олоро сылдьыбыта. 2001 сыл түмүгүгэр, коронаны Toyota Premio солбуйбута, үгэс быһыытынан, дьоппуон норуотугар эрэ атыыламмыта. Мотуору көрдөххө, Corona типичнэй бэйэтин кылааһыгар сөп түбэһэр мотуорунан сылдьыбыта, ол 1.6, 1.8, 2.0 литрдээх бензин уонна 2.0 уонна 2.2 л. дизель.